Республика 12:08 / 9.5.2020 Просмотров: 3936

Поздравление Главы Якутии с 75-й годовщиной Победы в Великой Отечественной войне

  • Текст: Yakutia.Info

YAKUTIA.INFO. Дорогие якутяне, участники Великой Отечественной войны, труженники тыла, дети войны. От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с 75-й годовщиной Победы в Великой Отечественной войне!

Для каждого жителя нашей страны самый главный и всенародно любимый праздник – 9 мая является символом величия и силы духа многонационального народа. В этот священный день всех нас, россиян, объединяет чувство особой гордости за беспримерный подвиг поколения победителей, подарившего всему человечеству мир и свободу.

В каждой семье мы вспоминаем и чтим всех близких, кто сквозь голод и холод, ни на минуты не теряя, пронес веру в светлое будущее. В те тревожные дни и годы 62 тыс. якутян встали на защиту Родины. Наши отцы, деды, братья, расставаясь с любимыми просторами, проложили через тропинки аласов, деревень и городов путь к той заветной Победе. Они прошли все дороги войны, твердо и уверенно стоя на своей земле, освобождали не только Отчизну, но и страны Европы и Азии. Наши земляки показали свою храбрость, смелость и меткость в ожесточенных боях с фашистскими захватчиками. Более половины из них навсегда остались на полях сражений. В тылу старики и дети, матери и жены, самоотверженным трудом крепили оборону. Солдаты, вернувшись в родные земли, вместе со всеми, преодолевая тяготы и невзгоды той поры, восстановили мирную жизнь.

Победа была завоевана ценой неимоверных усилий и огромных жертв. Только стойкость, героизм и мужество помогли выстоять в те суровые годы. И наш долг – чтить, сберечь и приумножать вечную память защитников Отечества, передать новым поколениям всю правду о трагической войне. Патриотизм солдата Победы должен оставаться во все времена достойным примером для воспитания молодежи.

Сегодня в это непростое время, когда всему миру пришлось столкнуться с неизведанным испытанием, жители республики, как и все россияне, проявляют самые лучшие человеческие качества, протягивая руку помощи нуждающимся, помогая друг другу, окружая заботой наших ветеранов. Вместе мы преодолеем все трудности, опираясь на уроки, преподнесенные старшим поколением! И День Великой Победы дает нам возможность вновь пережить чувства единения и сплоченности, гордости за свой народ, окрепнуть духом и вдохновиться на созидательный труд во благо своей любимой Родины!

Дорогие участники Великой Отечественной войны, труженики тыла, дети войны! Низкий поклон вам за мужество, отвагу и трудовую доблесть! Спасибо вам за мирное небо над нами! Слава победителям!

Уважаемые якутяне! Желаю всем вам крепкого здоровья и долголетия, душевного тепла и благополучия, счастья и добра, мира и созидания! Пусть этот знаменательный день придаст вам сил и бодрости, терпения и стойкости! С Днем Великой Победы!

Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев

Аҕа Дойду Улуу сэриитин ытыктабыллаах кыттыылаахтара, тыыл үлэһиттэрэ, сэрии кэмин оҕолоро!

Саха сирин күндү олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм эһигини Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 75 сылын туолар өрөгөйдөөх күнүнэн ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Ыам ыйын 9 күнэ дойдубут хас биирдии олохтооҕор ураты суолталаах, дириҥ өйдөбүллээх. Улуу Кыайыы күнэ – элбэх омуктаах норуот сүдү күүһүн уонна модун санаатын кэрэһитэ буолар. Россия олохтоохторун сомоҕолуур ытык бырааһынньыкка аан дойдуга эйэни уонна көҥүл олоҕу түстээбит аҕа көлүөнэ дьон үтүө ааттарыгар, холооно суох хорсун быһыыларыгар сүгүрүйэбит.

Тоҥор, аччыктыыр диэни аахсыбакка, күлүм да гынар түгэҥҥэ саарбахтыыр санааҕа ылларбакка, сырдык олоххо эрэли сүрэхтэригэр бигээн аҕалбыт чугас дьоммутун ахтан-санаан ааһабыт. Ол аймалҕаннаах кэмҥэ 62 тыһыынчаттан тахса Саха сирин олохтооҕо Аҕа Дойдуну көмүскүүргэ туруммута. Аҕаларбыт, эһэлэрбит, убайдарбыт, бырааттарбыт алаастартан, нэhилиэктэртэн уонна куораттартан уоттаах сэриигэ барар ыллыктара Улуу Кыайыыга суолу тэлбиттэрэ. Кинилэр хабыр хапсыһыы уоттаах холоругун ааспыттара, төрөөбүт сирдэригэр чиҥник үктэнэн Кыайыы өрөгөйүн бэйэлэрин эрэ дойдуларыгар буолбакка, Европа, Азия дойдуларыгар эмиэ аҕалбыттара. Биһиги биир дойдулаахтарбыт халабырдьыт фашистары кытта хорсуннук сэриилэспиттэрэ, бэргэн ытааччы быһыытынан биллибиттэрэ. Аҥаардарыттан ордуга уоттаах сэрии хонуутугар букатыннаахтык хаалбыта. Тыылга хаалбыт кырдьаҕастар, оҕолор, ийэлэр бэриниилээх, сыралаах үлэлэринэн Улуу Кыайыыны уһансыбыттара. Төрөөбүт дойдуларыгар төннөн кэлбит саллааттар оччотооҕу кэм уустуктарын аахсыбакка эйэлээх олоҕу тутуспуттара.

Кыайыы сөҕүмэр дьүккүөрүнэн, сүҥкэн сүтүгүнэн ситиһиллибитэ. Биһиги норуоппут халбаҥнаабат модун санаалаах, хоһуун уонна хорсун эрэ буолан ол хабараан сыллары тулуйбута. Онон биһиги Аҕа Дойдуну көмүскээбит ытык дьоммут сырдык кэриэстэрин харыстаан, эдэр көлүөнэлэргэ иэдээннээх сэрии туһунан кырдьыгы тиэрдэр ытык иэстээхпит. Ыччаты иитиигэ Кыайыы саллаатын Ийэ дойдуга таптала мэлдьи холобур буолуохтаах.
Бүгүн аан дойду бүтүннүүтэ өтөрүнэн биллибэтэх тургутууну көрсүбүт кэмигэр, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, дойду бары олохтоохторун курдук, бэйэ-бэйэлэригэр уонна кыһалҕалаахтарга күүс-көмө буолан, бэтэрээннэргэ уҕараабат кыһамньыларын ууран, үтүө санааланыыны көҕүлүүллэр. Аҕа көлүөнэ холобуругар тирэҕирэн, бары ыарахаттары бииргэ туоруохпут! Улуу Кыайыы күнэ өссө төгүл сомоҕолоһуу, түмсүүлээх буолуу күүһүн билэрбитигэр, норуоппутунан киэн туттарбытыгар, санаабытын бөҕөргөтөрбүтүгэр кыаҕы биэрэр, тапталлаах Ийэ дойдубут чэчирии сайдарын туһугар айымньылаах үлэҕэ кынаттыыр!

Аҕа Дойду Улуу сэриитин ытыктабыллаах  кыттыылаахтара, тыыл үлэһиттэрэ, сэрии кэмин оҕолоро!

Хорсун-хоодуот быһыыгыт, килбиэннээх үлэҕит иһин эһиэхэ сүгүрүйэбит! Үрдүбүтүгэр эйэлээх халлаан баарыгар эһиэхэ махтанабыт! Кыайыыны уһансыбыттарга уруй-айхал буоллун!

Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо! Эһиэхэ барыгытыгар чөл туругу уонна уһун олоҕу, эйэҕэс сыһыаны уонна этэҥҥэ буолууну, дьолу уонна үтүөнү, эйэни уонна айар-тутар кыаҕы баҕарабын! Бу дьоһун суолталаах бэлиэ күн эһиэхэ күүһү-уоҕу, эрчими, тулууру эптин, санааҕытын бөҕөргөттүн! Улуу Кыайыы күнүнэн!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев