Республика 11:43 / 4.11.2021 Просмотров: 1993

Поздравление председателя Госсобрания (Ил Тумэн) Алексея Еремеева с Днём народного единства

  • Текст: Госсобрание (Ил Тумэн)

YAKUTIA.INFO. От имени Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю с нашим общим замечательным праздником – Днём народного единства!

Этот праздник напоминает нам о многовековой истории и героизме, олицетворяет дружбу и взаимовыручку, патриотизм и единство жителей нашей страны. На протяжении многих веков сила духа, сплоченность, самоотверженность помогали отстаивать свободу и независимость нашего государства.

День народного единства является праздником особого значения и для нашей многонациональной республики, которая стала родным домом для 126 народов, сохраняющих свою историю, вековые традиции и обычаи. В наступающем году наша республика отметит знаменательное событие, предопределившее уникальный путь развития республики как стратегически значимого субъекта страны – 100-летие образования Якутской АССР.

Мы по праву гордимся историей нашей республики и многими поколениями земляков, которые своим созидательным трудом внесли значимый вклад в укрепление и реализацию промышленного, аграрного потенциала, в сохранение бесценного исторического, духовного наследия многонационального народа России, вписали славные страницы в трудовую и ратную летопись нашей Отчизны.

Убеждён, что якутяне и впредь будут беречь и приумножать заложенные предшественниками традиции, своей энергией, целеустремлённостью способствовать решению важных, востребованных временем задач. Народное единство и консолидация общества позволяют нам идти по пути устойчивого развития, обеспечивая будущим поколениям стабильный мир, свободу, уверенность в завтрашнем дне. 

Считаю, что только вместе, действуя в интересах наших граждан и страны, мы справимся с существующими и будущими глобальными вызовами. Особенно актуально это сегодня, когда мы ставим превыше всего заботу о жизни, здоровье и безопасности каждого человека. Пусть День народного единства станет праздником доброты, великодушия, заботы о ближнем.

Дорогие якутяне! Желаю вам крепкого здоровья, благополучия во всем, мира, согласия и созидания на благо нашей Родины.

Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) А.И. Еремеев

***

Ытыктабыллаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо!

Ытыктабыллаах сахам дьоно! Эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм бүтүн судаарыстыба дьоро күнүнэн – Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Бу бэлиэ күҥҥэ биһиги дойдубут үйэлээх историятын, биир дойдулаахтарбыт геройдуу быһыыларын саныыбыт, доҕордоһуу, үтүө сыһыан, төрөөбүт дойдуга таптал, сомоҕолоһуу сүҥкэн суолтатын дириҥник өйдүүбүт. Судаарыстыба көҥүл, тутулуга суох буолуутун туруулаһарга тулхадыйбат эр санаа, кыайыыга дьулуур, сомоҕолоһуу үтүмэн күүс буоларын умнубаппыт.

Норуот сомоҕолоһуутун күнэ – бэйэтин историятын, төрүт үгэстэрин, сиэрин-туомун үйэлэр тухары илдьэ сылдьар 126 араас омук уутуйан олорор өрөспүүбүлүкэбитигэр эмиэ ураты суолталаах. Кэлэр сылга Сахабыт сирэ дойду стратегическай таһымнаах субъегын быһыытынан сайдар суолун түстээбит бэлиэ түгэни – Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиибит.

Өрөспүүбүлүкэбит дьоһун историятынан, айымньылаах, таһаарыылаах үлэлэринэн бырамыысыланнас, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, Россия элбэх омуктаах норуотун историческай, духуобунай баайын үйэтитиигэ сүҥкэн кылааты киллэрбит үгүс көлүөнэ биир дойдулаахтарбытынан, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр төрөөбүт дойдуларын доруобуйаларын, олохторун олук ууран туран көмүскээбит аҕа көлүөнэ дьоммутунан киэн туттабыт, ытыктыыбыт, махтанабыт.

Сахам дьоно инникитин даҕаны өбүгэлэрбит хаалларбыт үтүө үгэстэрин харыстыы, үксэтэ туруохтара, бэйэлэрин кыахтарынан, күүстээх санааларынан кэм-кэрдии туруорар соруктарын быһаарарга күүс-көмө буолуохтара диэн бигэтик эрэнэбин. Норуоппут биир сомоҕо, уопсастыбабыт түмсүүлээх буоллаҕына эрэ сайдыы кэскиллээх суолунан эрэллээхтик хардыылаан иһэр, кэлэр көлүөнэбитигэр көҥүл, иллээх-эйэлээх, инникигэ эрэллээх олоҕу хааччыйар кыахтаахпыт.

Дьоммут-сэргэбит, дойдубут туһугар бука бары түмсэн билигин баар уонна үөскүүр киэҥ хабааннаах ыҥырыылары кыайыахпыт-хотуохпут дии саныыбын. Ол чуолаан бүгүн – хас биирдии киһи олоҕун, чөл туругун, олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун туһугар кыһамньы туохтааҕар да суолталаах кэмигэр ордук тоҕоостоох.

Норуот сомоҕолоһуутун күнэ үтүө быһыы, үтүө санаа, чугас дьоммут туһугар кыһамньы бэлиэтэ буоллун.

Күндү сахам дьоно! Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, үтүө туругу, дьолу-соргуну, Төрөөбүт дойдубут туһугар таһаарыылаах үлэни, үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ А.И. Еремеев