Айсен Николаев поздравляет с Днем народного единства
YAKUTIA.INFO. От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично искренне поздравляю вас с государственным праздником – Днём народного единства!
Сегодня Россия переживает время непростых испытаний, и вновь противостоит силам, которые возродили страшную беду неонацизма. Идет борьба за будущее России как государства, свободного от давления и влияния чуждых нам порядков и ценностей.
Поэтому как никогда сегодня актуален наш праздник, посвященный освобождению Москвы от польско-литовских интервентов. Победа, покончившая со Смутным временем, дает нам исторический урок, что единство народов России - это та величайшая сила, которая гарантирует свободу и независимость Отечества.
И тогда, 4 ноября 1612 года, и в годы суровых испытаний 1812 года, и в годы Великой Отечественной войны народы страны сплотились и защитили её и уничтожили сильного врага. В истории нашей великой страны мы сегодня видим ясные ориентиры победы, яркие примеры преданности и любви к Родине наших предков, предыдущих поколений россиян. Героические события минувших лет подтверждают, что единство народов России является основой всех наших военных и трудовых побед.
В основе нашего единства – духовные и нравственные ценности семьи, справедливость, любовь к родному очагу, патриотизм и мужество наших соотечественников.
Мы гордимся якутянами, которые сегодня с оружием в руках защищают интересы государства, его целостность, восстанавливают историческую справедливость. Наше общество должно окружить заботой и вниманием каждого военнослужащего, участника специальной военной операции. Семья, проводившая защитника Родины в ряды Вооруженных Сил страны, ни в чем не должна нуждаться.
В год, когда мы отмечаем 100-летие со дня образования Якутской АССР, якутяне, как и основатели государственности республики демонстрируют сегодня преданность Отчизне, сплоченность и высокий патриотизм.
В День народного единства призываю всех объединиться вокруг Президента страны Владимира Владимировича Путина, поддержать Вооруженные Силы России, чтобы обеспечить мирную жизнь нашим потомкам.
Мы сделаем все возможное, чтобы Якутия всегда была процветающей республикой в составе сильной Российской Федерации, где все люди живут в мире и согласии, своим трудом укрепляющие экономическую мощь российского государства.
Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев
Айсен Николаев Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүнэн эҕэрдэлиир
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүнэн итиитик - истиҥник эҕэрдэлиибин!
Дойдубут бүгүн уустук тургутуулары ааһар, урукку курдук неонацизм алдьархайын сөргүппүт күүстэргэ утарылаһар. Көҥүл, сырдык кэскилин тас дьайыыттан уонна сиэрэ суох бэрээдэктэрин уонна сыаннастарын соҥнооһунтан көмүскүүр.
Польша уонна Литва халабырдьыттарын Москваттан үүрүүттэн саҕаламмыт бырааһынньык бүгүн хаһааҥҥытааҕар да сытыы суолталаах. Устуоруйаҕа «Смута» диэн ааттанан киирбит аймалҕан кэмин түмүктээбит Кыайыы - Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһуута - Аҕа дойдубут көҥүл, атын дойдулартан тутулуга суоҕун мэктиэлиир сүдү күүс буоларын туоһулуур.
Оччотооҕу 1612 сыл сэтинньи 4 күнүгэр, ону тэҥэ 1812 сыл ыар кэмигэр уонна Аҕа Дойду Улуу сэриитин сылларыгар Арассыыйа бары норуоттара түмсэн, күүстээх өстөөҕү урусхаллаан, дойдуларын өлүүттэн быыһаабыттара. Модун судаарыстыбабыт устуоруйата Арассыыйа ааспыт көлүөнэлэрин улуу кыайыыларын, дойдуга уҕараабат тапталларын уонна бэриниилээх буолууларын кэрэһилиир. Ааспыт сыллар кыайыы көтөллөөх өрөгөйдөрө, дойду норуоттарын сомоҕолоһуулара - сэрии хонуутугар уонна үлэҕэ ситиһиилэрбит бигэ тирэҕэ буоларын туоһулуур.
Дьиэ кэргэн духуобунай уонна сиэр-майгы өттүнэн сыаннастара, кырдьыгы туруулаһыы, алаһа дьиэҕэ таптал, дойдуга бэриниилээх буолуу уонна биир дойдулаахтарбыт хорсун санаалара – бу барыта сомоҕолоһуубут төрдө.
Биһиги судаарыстыба интэриэһин, биир кэлим буолуутун көмүскүүр, сиэрдээх олоҕу саа-саадах тутан чөлгө түһэрсэр биир дойдулаахтарбытынан киэн туттабыт. Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар хас биирдии боотурбутугар уҕараабат болҕомтобутун, кыһамньыбытын ууруохтаахпыт. Дойдуларын көмүскүү барбыт дьонноох дьиэ кэргэттэр бары өттүнэн хааччыллыахтаахтар.
Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир сылбытыгар Саха сирин олохтоохторо, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын төрүттээччилэрбит курдук түмсүүлээх уонна Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу холобурун көрдөрөллөр.
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр кэлэр көлүөнэҕэ эйэлээх олоҕу хааччыйар инниттэн дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин тула түмсэргэ, Сэбилэниилээх Күүстэри өйүүргэ ыҥырабын.
Саха сирэ - модун Арассыыйа быстыспат сорҕото. Саха дьоно үлэбитинэн-хамнаспытынан дойду экэнэмиичэскэй кыаҕын бөҕөргөтөргө дьулуһабыт. Өрөспүүбүлүкэ бу улахан сыалы ситиһэргэ, дьон олоҕун тупсарыыга кыаллары барытын оҥоруоҕа диэн эрэнэбин.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев