Политика 10:56 / 4.11.2021 1722

Айсен Николаев: «Стремление всех якутян к взаимопониманию, консолидации и согласию – залог развития Республики!»

Айсен Николаев: «Стремление всех якутян к взаимопониманию, консолидации и согласию – залог развития Республики!»
Текст: АГИП РС(Я)
Фото: АГИП РС(Я)

YAKUTIA.INFO. От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с главным объединяющим россиян праздником – Днём народного единства!

В этот день 409 лет тому назад народным ополчением под руководством Минина и Пожарского от польско-литовских интервентов была освобождена Москва. Российский народ продемонстрировал тогда духовную силу единения во имя независимости своей Родины. Эта сила помогла стране выстоять и в Отечественной войне 1812 года, и в годы Великой Отечественной войны с фашистской Германией.

День народного единства символизирует сплочённость всего российского общества и национальное согласие всех народов страны.

Якутия всегда жила, живёт и будет жить общими для всей России помыслами и надеждами. Мы, жители республики, дорожим узами братства и дружбы и всегда помним о том, что благосостояние россиян достигается совместными усилиями.

Сегодня Россия, как и весь мир, переживает сложный период, связанный с пандемией коронавируса. Но несмотря на все трудности держава развивается и движется вперёд – в стране этот год объявлен Годом науки и технологий. Наш регион принимает самое активное участие в реализации посыла главы государства Владимира Путина. В Якутии в рамках Года науки и технологий утверждена программа второго этапа комплексных научных исследований в республике, успешно проведён форум «Университеты и развитие геостратегических территорий России». Северо-Восточным федеральным университетом запущены спецпроекты для популяризации науки среди молодёжи. Академические научные учреждения, инновационные предприятия и Исторический парк «Россия – Моя история» региона провели серию мероприятий, объединённых под названием «Академическая наука и технологии в Якутии».

В нашей республике этот год мною объявлен Годом здоровья, потому что без здоровья мы никак не можем говорить о развитии, будь то экономическом или социальном. И здесь я подчеркну, что только крепкая сплочённость и консолидация, стремление каждого внести свой вклад в общее дело поможет нам достигнуть благополучия и обеспечить укрепление общественного здоровья. И именно поэтому в конце октября мы провели в Якутске гражданский форум «Здоровый якутянин – здоровое общество». По итогам работы пяти дискуссионных площадок данного мероприятия жители республики, общественники одобрили резолюцию. И этот документ будет опубликован сегодня, 4 ноября, в День народного единства.

Дорогие земляки!

В следующем году мы отметим 100-летие образования нашей республики. В преддверии векового юбилея в День народного единства призываю всех вас объединиться вокруг общей цели по улучшению жизни жителей нашего региона! Убеждён, что стремление всех якутян к взаимопониманию, консолидации и согласию – залог развития Республики!

Желаю всем крепкого здоровья, счастья и новых успехов во имя процветания Российской Федерации и Республики Саха (Якутия)!

Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев

Айсен Николаев: «Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун бэйэ-бэйэни кытта өйдөһүүгэ, сомоҕолоһууга дьулуһуулара – Саха сирин сайдар суола!»

Ытыктабыллаах Сахам сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм эһигини Арассыыйа дьонун-сэргэтин түмэр сүрүн бырааһынньыгынан – Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

409 сыллааҕыта бу күн Минин уонна Пожарскай баһылыктаах норуот сэриитэ Москубаны поляк-литовец интервеннэриттэн босхолообута. Манна Арассыыйа норуота дойдутун көҥүлүн иһин киирсиигэ духуобунай сомоҕо күүһүн көрдөрбүтэ. Бу күүс 1812 сыллааҕы Аҕа Дойду сэриитигэр уонна фашисткай Германияны кытта Улуу Аҕа Дойду сэриитигэр хабыр хапсыһыыга тулуктаһарга көмөлөспүтэ.

Норуот сомоҕолоһуутун күнэ бүтүн Арассыыйа уопсастыбата түмсүүлээҕин уонна дойду бары норуоттара эйэ дэмнээхтик, өйдөһөн- өйөнсөн олороллорун кэрэһилиир.

Саха сирэ өрүүтүн Арассыыйаҕа баар биир санаанан, эрэлинэн сирдэтэн олорбута, олорор уонна олоруоҕа даҕаны. Биһиги, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, бырааттыы буолуу ситимин уонна доҕордоһууну үрдүктүк тутабыт, дойду соргута барыбытыттан тутулуктааҕын өйдүүбүт.

Бүгүн Арассыыйаҕа, эмиэ бүтүн аан дойдуга курдук, коронавирус ыарыыта туран – уустук кэм. Ол гынан баран дойдубут ыарахаттартан иҥнибэккэ, иннин диэки дьүккүйэн, сайдан иһэр – быйылгы сыл Арассыыйаҕа наука уонна технология сылынан биллэриллибитэ. Биһиги эрэгийиэммит бэрэсидьиэн Владимир Путин этиитин олоххо киллэриигэ көхтөөх кыттыыны ылар. Арассыыйаҕа наука уонна технология сылын чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ кэлим научнай чинчийии иккис түһүмэҕин бырагырааматын бигэргэттибит, «Арассыыйа геостратегическай сирин-уотун сайыннарыы уонна университеттар» форуму ситиһиилээхтик ыыттыбыт, Хотугу-Илиҥҥи федеральнай университет ыччаты наукаҕа сыһыарыыга аналлаах бырайыактары саҕалаата. Эрэгийиэн академическай научнай уонна инновационнай тэрилтэлэрэ, итиэннэ «Арассыыйа – Мин историям» историческай паарка «Саха сиригэр академическай наука и технологиялар» диэн барыл ааттаах кэккэ тэрээһиннэри ыыттылар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр быйылгы сылы Доруобуйа сылынан биллэрдим, тоҕо диэтэргит доруобуйата суох экэниэмикэни, олоҕу- дьаһаҕы да сайыннарыы кыаллыбат суол. Манна мин уопсастыбаннай доруобуйаны бөҕөргөтүү уонна байылыат олоҕу ситиһии түмсүүлээх эрэ буоллахпытына, хас биирдии киһи уопсай дьыалаҕа бэйэтин кылаатын киллэрэргэ дьулустаҕына, кыаллыаҕа диэн тоһоҕолоон этиэм этэ. Ол иһин алтынньы бүтүүтэ Дьокуускай куоракка «Саха сирин чэгиэн-чэбдик олохтооҕо – чэгиэн-чэбдик уопсастыба» гражданскай форуму тэрийэн ыыттыбыт. Атах тэпсэн олорон кэпсэтии түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, уопсастыбанньыктар резолюцияны бигэргэттилэр. Бу докумуону бүгүн, сэтинньи бүгүн 4 күнүгэр, Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр, Саха сирин дьонун-сэргэтин истиитигэр-көрүүтүгэр таһаарыахпыт.

Күндү биир дойдулаахтарым!

Кэлэр сылга өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиэхпит. Үйэлээх үбүлүөй иннигэр, Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр, барыгытын Сахабыт сирин дьонун-сэргэтин олоҕун тупсарыыга биир уопсай сыал тула түмсүөххэ диэн ыҥырабын! Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун бэйэ-бэйэни кытта өйдөһүүгэ, сомоҕолоһууга дьулуһуулара – Саха сирин сайдар суола диэн бигэ санаалаахпын!

Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну уонна дойду, өрөспүүбүлүкэ чэчирии сайдарын туһугар саҥа ситиһиилэри, кыайыылары баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев

Комментарии

    К публикации не допускаются комментарии, содержащие мат, оскорбления, ссылки на другие ресурсы, а также имеющие признаки нарушения законодательства РФ.