Республика 9:42 / 21.6.2023 3240 2

Поздравление Главы Якутии с Ысыахом 2023

Поздравление Главы Якутии с Ысыахом 2023
Текст: АГИП РС(Я)
Фото: telegra.ph

YAKUTIA.INFO. Дорогие якутяне! Уважаемые гости республики! От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с национальным якутским праздником Ысыах!

В наш северный край пришло долгожданное лето. И в эти солнечные прекрасные дни изобилия мы празднуем Ысыах. Как наши предки сотни лет назад, призываем благословение на нашу землю, просим для неё мира, счастья, благополучия и процветания.

Ысыах является ярким примером сохранения и продолжения культурных, исторических и духовных традиций народа саха, и единения всех жителей нашей многонациональной республики. Это самый большой национальный праздник на территории всей нашей великой России. Каноны поклонения природе, заложенные в основе праздника, близки всем народам. На нашем празднике всегда бывает много гостей, и мы с радостью показываем все лучшее, что есть у нас. В Ысыахе отражается вся красота нашей Родины.

В этом году национальный праздник «Ысыах Туймаады – 2023» пройдёт под девизом «Якутск – город трудовой доблести» и приурочен к Году педагога и наставника в России, Году труда в Якутии и году «Дьөһөгөй Айыы» – якутской лошади по якутскому календарю.

Испокон веков на национальном празднике люди показывают свои достижения, и старшие поколения якутян передают младшим бесценные знания предков, накопленные тысячелетиями. Молодёжь на примере старших приобщается к традициям, культуре, стремится к совершенству, состязается в мастерстве, ловкости, быстроте и удали.

В этом году наши мастерицы и творческие объединения всех улусов и городов республики презентуют «Вышитую карту Якутии». Главный элемент карты – герб Якутии. В карте показан эпос Олонхо, представлены традиционные наряды, ураса, чорон, природные богатства, национальные орнаменты.

Ысыах рождает в сердцах людей надежду на будущее, вдохновляет их на труд, на большие свершения.

В этот день я хочу передать слова поддержки нашим бойцам, защищающим Отчизну в зоне специальной военной операции. Мы шлём вам с малой родины поздравления с Ысыахом! Благословенный алгыс, произнесённый на Ысыахе, принесёт вам удачу, укрепит силу духа и защитит в бою.

Ысыах – древний и всегда новый. Каждый год мы отдаём дань традициям, и каждый раз праздник чем-то удивляет нас. В этом году на Ысыахе мы будем чествовать трудовые династии, передовиков производства, педагогов и наставников, участников специальной военной операции.

Каждый человек, посетив Ысыах, чувствует себя частью этой древней земли, получает положительный заряд энергии и бодрости на весь оставшийся год.

Пусть этот день принесёт вам все самое хорошее, подарит вдохновение и силы! Желаю всем мира, крепкого здоровья, счастья и добра! Уруй-туску!

Глава Республики Саха (Якутия) А. С. Николаев


Ил Дархан Ыһыаҕынан эҕэрдэтэ. Күндү Сахам сирин олохтоохторо! Ытыктабыллаах ыалдьыттар!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин!

Сахабыт сиригэр күүтүүлээх сайыммыт салаллан кэлэн, бу күннэргэ биһиги Ыһыах ыһабыт. Ааспыт сыллар улаҕаларыгар өбүгэлэрбит түстээбит үгэстэрин салҕаан, алгыс этэн биһиги эмиэ үрүҥ илгэни, өҥ-быйаҥ сайыны, эйэни, этэҥҥэ буолууну уонна чэлгийэ сайдыыны көрдөһөбүт.

Ыһыах норуоппут култууратын, олорон кэлбит олоҕун устуоруйатын, духуобунай сыаннастарын чөл хаалларыыга уонна салгыы сайыннарыыга, элбэх омуктаах өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторо биир санаалаах буолууларын чаҕылхай холобурунан буолар. Бу улуу Арассыыйа сиригэр-уотугар саамай улахан национальнай бырааһынньык. Ыһыах төрүтүгэр олоҕурбут айылҕаҕа сүгүрүйүү хас биирдии омукка чугас. Ыалдьыттарбытыгар саха норуота күн бүгүн илдьэ кэлбит үтүө үгэһин, бары үчүгэйин, кэрэтин көрдөрөбүт.

Быйыл “Туймаада Ыһыаҕа – 2023” национальнай бырааһынньыкпыт “Дьокуускай – килбиэннээх үлэ куората” сыаллаах ыытыллыаҕа уонна Арассыыйаҕа педагог уонна уһуйааччы, Саха сиригэр Үлэ сылыгар уонна саха халандаарынан “Дьөһөгөй Айыы” сылыгар ананыаҕа.

Былыр-былыргыттан Ыһыах кэмигэр аҕа көлүөнэ тыһыынчанан сылларга мунньуллубут үтүө үгэһин, култууратын, сатабылын, билиитин-көрүүтүн ыччатыгар биэрэр. Эдэр көлүөнэни бэйэтин тус холобурунан уһуйар.

Быйыл биһиги уран тарбахтаахтарбыт уонна өрөспүүбүлүкэбит улуустарын, куораттарын айар холбоһуктара “Саха сирин быысапкаламмыт хаартатын” бар дьон көрүүтүгэр таһаарыахтара. Хаарта сүрүн элэмиэнэ – Саха сирин гиэрбэтэ. Манна Олоҥхобут, таҥаспыт, ураһабыт, чорооммут, сирбит баайа, оһуорбут-мандарбыт барыта көстөр.

Ыһыах биһиги сүрэхпитигэр эрэли үөскэтэр, үлэҕэ, саҥа кыайыыларга кынаттыыр.

Бу кэрэ-бэлиэ күн Анал байыаннай дьайыыга Аҕа дойдуну көмүскүү сылдьар байыастарбытыгар төрөөбүт дойдуларыттан Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин! Ыһыахха этиллибит алгыс кыайыыны-хотууну аҕаллын!

Ыһыах үйэлэри уҥуордуур уонна саҥаны ситимниир уратылаах. Сыл аайы бырааһынньыкпыт биһигини тугунан эрэ үөрдэр, сөхтөрөр. Быйылгы Ыһыахха үлэһит дьону, үлэһит династиялары, уһуйааччылары, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чиэстиибит.

Ыһыахха сылдьыбыт киһи бэйэтин бу Ытык сир сорҕотунан сананар, күүһүгэр күүс, сэниэтигэр сэниэ эбиллэр.

Бу күн үчүгэйи, кэрэни аҕаллын! Бар дьоммор кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, ситиһиилэри баҕарабын! Уруй-туску!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев

Комментарии

  • Да ужж
    16:20 / 21.6.2023

    Почему то то национальный головной убор на его голове смотрится как кастрюля.

  • Дьякон
    13:39 / 22.6.2023

    Православный лицемер поздравляет с ысыахом а с Пасхой не поздравляет.

    К публикации не допускаются комментарии, содержащие мат, оскорбления, ссылки на другие ресурсы, а также имеющие признаки нарушения законодательства РФ.

    Новости партнеров