Политика 11:11 / 27.4.2020 4529

Пётр Гоголев: Всего через два года, в 2022 году, весь многонациональный народ Якутии будет отмечать 100-летие Якутской автономии

Пётр Гоголев: Всего через два года, в 2022 году, весь многонациональный народ Якутии будет отмечать 100-летие Якутской автономии
Текст: Yakutia.Info

YAKUTIA.INFO. Сегодня мы отмечаем наш государственный праздник – День Республики. Для якутян это особая дата: 27 апреля 1922 года была образована Якутская автономия. Всего через два года, в 2022 году, весь многонациональный народ Якутии будет отмечать ее 100-летие.

Мы отдаем должное выдающимся государственным и общественным деятелям Якутии Максиму Аммосову, Платону Ойунскому, Исидору Барахову, Степану Аржакову, Степану Васильеву, их единомышленникам и соратникам. Новый статус Якутии определил дальнейшую судьбу жителей нашего северного края. В условиях автономии были достигнуты внушительные успехи, связанные с развитием промышленности, сельского хозяйства, здравоохранения, образования, науки, культуры.

Уже в новейшей истории 27 апреля 1992 года на внеочередной сессии Верховный Совет республики двенадцатого созыва объявил о вступлении в силу ныне действующей Конституции (Основного закона) Республики Саха (Якутия). Так, начался новый этап развития государственности, были заложены финансово-экономические основы, конституционно-правовая система.

Дорогие якутяне! 27 апреля также является Днем российского парламентаризма. Сегодня федеральный и региональные парламенты несут свою долю ответственности в непростое для россиян время в условиях коронавирусной пандемии. В апреле проведено два пленарных заседания в целях принятия безотлагательных решений для противодействия последствиям COVID-19: поддержаны наиболее уязвимые категории граждан, внесены изменения в законодательство для поддержки малого и среднего бизнеса.

Руководством республики, парламентом и правительством Якутии принимаются все возможные меры для минимизации угроз жизни и здоровью якутян, негативного воздействия ограничительных мер на уровень жизни наших граждан.

Дорогие якутяне!

Многонациональный народ России, как никто другой, способен стойко переносить тяжести и лишения. В нашей истории есть немало тому примеров. Но народ всегда преодолевал их с достоинством, не теряя духа и единства. И сегодня праздник мы отмечаем в особых условиях – в условиях ограничительных мер из-за распространения коронавирусной инфекции. Они необходимы для сохранения здоровья каждого человека, здоровья наших родных и близких. Хочу поблагодарить сограждан за ответственное отношение к себе и окружающим. Убежден, совместно мы преодолеем пандемию, справимся с последующими трудностями и, в конечном итоге, станем сильнее.

От имени Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) сердечно поздравляю всех якутян с праздником – Днем Республики!

Желаю здоровья вам и вашим близким, терпения и уверенности в будущем! Берегите себя!

Председатель Государственного Собрания

(Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) П.В. Гоголев


Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым! Күндү доҕоттор!

Муус устар 27 күнэ – биһиги судаарыстыбаннай бырааһынньыкпыт. Бары билэрбит курдук, 1922 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр Саха сирэ автономияны ылыммыта, онтон ыла бу күнү Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олорор, үлэлиир дьон бука бары Өрөспүүбүлүкэ Күнүн быһыытынан билинэбит. Аны икки сылынан Саха сирин бары олохтоохторо бу бэлиэ күн 100 сылын көрсүөхпүт.

Бүгүн Саха сирин дьоно-сэргэтэ, эдэр ыччат биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэллэр Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков уонна кинилэри кытта Саха сирэ автономнай өрөспүүбүлүкэ буоларын ситиспит, үгүс сыраларын уурбут дьоммут үтүө ааттарын кэриэстиир, сүгүрүйэрбитин, махтанарбытын биллэрэр күммүт. Саха сирэ автономияны ситиһиитэ Уһук Хоту дойду олохтоохторун олохторо-дьаһахтара тупсуутугар олугу уурбута. Ол курдук, Саха сиригэр бырамыысыланнас, тыа хаһаайыстыбата, доруобуйа харыстабыла, үөрэх, наука, култуура күүскэ сайдан, кэҥээн барбыттара.

Оттон өрөспүүбүлүкэ саҥа историятыттан сэгэттэххэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уон иккис ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин уочарата суох 1992 сыл муус устар 27 күнүнээҕи сессиятыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин билиҥҥи Конституцията (Төрүт Сокуона) үлэҕэ киирбитэ. Мантан ыла судаарыстыбаннас сайдыытын саҥа кэрдиииһэ саҕаламмыта, өрөспүүбүлүкэ үп-харчы-экэниэмикэ өттүнэн төрүтэ, конституционнай-правовой тиһигэ олохтоммута.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Муус устар 27 күнэ өссө Россия парламентаризмын күнүнэн билиниллэр. Билигин федеральнай уонна регионнааҕы парламеннар хоруона хамсыга күүскэ тарҕанар куттала үөскээбит кэмигэр Россия дьонун-сэргэтин иннигэр улахан эппиэтинэһи сүктүлэр. Ол курдук, Саха сирин парламена муус устар ыйга бу кутталлаах ыарыыны бохсор инниттэн уталытыллыбакка ылыныллыахтаах дьаһаллар чэрчилэринэн икки пленарнай мунньаҕы тэрийэн ыытта. Бу дьаһаллар дьон ордук уйан араҥатыгар – аҕа саастаах көлүөнэҕэ туһуланнылар. Ону тэҥэ бу быыһык кэмҥэ дьоҕус уонна орто урбааны өйүүр инниттэн үлэлии олорор сокуоннарга уларытыылар киирдилэр.

Өрөспүүбүлүкэ салалтата, Саха сирин парламена уонна бырабыыталыстыбата өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун олохторугар-дьаһахтарыгар уонна доруобуйаларыгар суоһуур кутталы аччатар, бохсор туһугар араас өрүттээх дьаһаллары ылыннылар, ылыналлар. Итиэннэ хааччахтыыр миэрэлэр дьон-сэргэ олоҕор күүскэ охсубаттарын, дьайбаттарын туһугар күннэтэ түбүгүрэллэр.

Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым!

Россия элбэх омуктаах бүттүүн норуота бу быыһык кэми этэҥҥэ аһарыа, кыайыылаах-хотуулаах тахсыа диэн бигэ эрэллээхпин. Биһиги дьоммут, норуоппут оннооҕор буолуох ыар сыллары, кырыымчык кэмнэри ааһан-туораан кэлбитэ. Ону история да туоһулуур. Ону барытын дойдубут дьоно биир сомоҕо буолан, норуот санаатын күүһүнэн, инникигэ дьулуурунан, ураты тулуурунан этэҥҥэ ааспыта. Бүгүҥҥү бырааһынньыгы биһиги ураты усулуобуйа кэмигэр көрүстүбүт. Коронавирус диэн ааттанар сыстыганнаах ыарыы өрөспүүбүлүкэбитигэр күүскэ тарҕамматын инниттэн үгүспүт дьиэбитигэр бүгэн олоробут. Бу хааччахтыыр миэрэ биир ирдэбилэ. Бу миэрэни тутустахпытына, биһиги бэйэбитин, чугас дьоммутун, оҕолорбутун, аҕа саастаах көлүөнэни харыстыахпыт. Онон түгэнинэн туһанан, биир дойдулаахтарбар бэйэҕит уонна чугас дьоҥҥут иннигэр эппиэтинэстээх сыһыаҥҥыт иһин махтаныахпын баҕарабын. Бу быыһык кэми санаабыт күүһүнэн, бэйэ-бэйэбитигэр харыстабыллаах сыһыаммытынан этэҥҥэ туоруохпут диэн эрэнэбин.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан бар дьоммун өссө төгүл Өрөспүүбүлүкэбит күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.

Эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар чэгиэн доруобуйаны, күүстээх санааны, тулууру уонна инникигэ эрэли баҕарабын. Бэйэҕитин харыстана сылдьыҥ! Дьоллоох буолуҥ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин

Бэрэссэдээтэлэ П.В. Гоголев

Комментарии

    К публикации не допускаются комментарии, содержащие мат, оскорбления, ссылки на другие ресурсы, а также имеющие признаки нарушения законодательства РФ.

    Новости партнеров