Республика 16:21 / 13.2.2024 1808

Поздравление председателя Госсобрания (Ил Тумэн) с Днём родного языка и письменности

Поздравление председателя Госсобрания (Ил Тумэн) с Днём родного языка и письменности
Текст: iltumen.ru
Фото: iltumen.ru

YAKUTIA.INFO. От имени Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с Днём родного языка и письменности!

В сегодняшний знаменательный день хотелось бы вернуться во времена 100-летней давности, когда происходили весьма важные для истории якутской письменности события. 1924 год был богат на разного рода лингвистические эксперименты, реформы и нововведения. Это было время, когда, по сути, решалась дальнейшая судьба нашего младописьменного языка. Наши светлые головы, представители якутской интеллигенции активно участвовали в укреплении позиций языка, веря в его светлое будущее. Они выдвигали столько смелых и новаторских идей, которые и поныне поражают воображение и остаются актуальными.

В образованном 18 февраля 1924 года Совете якутской письменности при Якутском центральном исполнительном комитете в тот год широко обсуждался вопрос усовершенствования алфавита Семена Новгородова, который был основан на международном фонетическом алфавите. Совет якутской письменности принял тогда решение ввести заглавные буквы в новгородовский алфавит. Это событие положило начало дальнейшей череде преобразований новгородицы.

Стоит также упомянуть, что в 1924 году началось издание якутоязычной газеты «Кыым». В том же году были организованы Якутское государственное издательство в Якутии и Якутская секция при Центроиздате народов СССР в Москве.

Благое дело сохранения и развития языков республики, начатое нашими почтенными предками, продолжается и обретает второе дыхание.

Сейчас в республике действует государственная программа «Сохранение и развитие государственных и официальных языков в Республике Саха (Якутия)». Множество перспективных проектов реализуется благодаря этой программе. И она продолжает расширяться – увеличивается её финансирование, а также количество осуществляемых в её рамках проектов.

Институт гуманитарных исследований и проблем малочисленных народов Севера СО РАН делает первые очень важные шаги в сторону создания корпуса якутского языка, который непременно станет мощнейшим двигателем якутской лингвистики и огромной ресурсной базой для будущих поколений исследователей.

Мы понимаем важность поддержки якутского и русского языков – государственных языков Республики Саха (Якутия), а также эвенского, эвенкийского, юкагирского, долганского и чукотского – официальных языков Республики Саха (Якутия). Соответственно, мы выстраиваем нашу политику таким образом, чтобы создавать все необходимые условия для сохранения и развития нашего богатства – государственных и официальных языков республики. Ведь каждый язык несёт в себе бесценную информацию о культуре и мировоззрении народа и всего человечества, поэтому утратив его мы лишимся огромного богатства – безмерного кладезя знаний.

Дорогие друзья! Желаю, чтобы языковое разнообразие нашей Якутии сплачивало нас и сохранялось многие века, а наши великие лингвисты и языковые новаторы вдохновляли на новые творческие свершения!

Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн)

Республики Саха (Якутия) А.И. Еремеев


Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ 100 сыл анараа өттүгэр буолбут сахалыы сурук-бичик устуоруйатыгар сүҥкэн суолталаах түбэлтэлэргэ төннөн ылыахха. 1924 сыллаахха тылга олус элбэх холоон көрүү, уларытыы, саҥаны киллэрии оҥоһуллубута. Саҥа үөскээн эрэр суруктаах тылбыт инники дьылҕата быһаарыллар кэмэ этэ. Өркөн өйдөөх сахабыт дьоно тылбыт кэскилин туһугар көхтөөхтүк турууласпыттара. Киһи сөҕүөн курдук хотоойу идиэйэлэрэ күн бүгүҥҥэ диэри аныгылыы тыыннарын сүтэрбэттэр.

1924 сыл олунньу 18 күнүгэр тэриллибит Саха сиринээҕи киин ситэриилээх кэмитиэт иһинэн Сахалыы сурук-бичик сэбиэтигэр оччотооҕуга Норуоттар икки ардыларынааҕы фонетическай алпаабыкка олоҕурбут Сэмэн Новгородов алпаабытын тупсарар туһунан боппуруос киэҥник дьүүллэммитэ. Сахалыы сурук-бичик сэбиэтэ онно Новгородов алпаабытыгар улахан буукубалары киллэрэргэ быһаарыммыта. Мантан ыла Новгородов алпаабытыгар утуу-субуу уларытыылар киирэн барбыта.

Ону кытта, 1924 сылга «Кыым» хаһыаты таһаарыы саҕаламмыта, Саха сирин судаарыстыбаннай издательствота уонна Москваҕа ССРС норуотттарын киин издательствотын иһинэн Сахалыы сиэксийэ тэриллибиттэрэ.

Ытык өбүгэлэрбит саҕалаабыт өрөспүүбүлүкэбит тылларын харыстыыр, сайыннарар үтүө дьыалалара салҕанан иккис тыынын ылла.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын харыстааһын уонна сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлиир. Бу бырагырааманан баһаам элбэх кэскиллээх бырайыак олоххо киирэр. Онтубут өссө да кэҥии турар – үбүлээһинэ улаатарын таһынан бырайыагын ахсаана эмиэ элбиир.

Гуманитранай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннах норуоттар проблемаларын института саха тылын куорпуһун айарга олус наадалаах маҥнайгы хардыыларын оҥорор. Бу үлэ саха тылын үөрэҕэр бигэ төһүү уонна инники көлүөнэ чинчийээччилэргэ сүүнэ баай-дуол буолара саарбаҕа суох.

Биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай тылларын – саха уонна нуучча тылын, ону сэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин официальнай тылларын – эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, долган, чукча тылларын өйүүрбүт улахан суолталааҕын өйдүүбүт. Ол иһин күндү баайбытын – судаарыстыбаннай, официальнай тылларбытын харыстыыр, сайыннарар гына үлэбитин-хамнаспытын тэринэбит. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии тыл норуот уонна бүтүн киһи аймах култууратын, өйүн-санаатын туһунан билиини-көрүүнү иҥэринэ сылдьар. Онуоха тыл сүттэҕитинэ, ол билиибит эгэлгэтэ төннүбэттии симэлийэр.

Күндү доҕоттор! Сахабыт сирин эҥин-эгэлгэ тыллара биһигини сомоҕолоотуннар, тылларбытын сайыннарар суолу тэлбит улуу үөрэхтээхтэрбит биһигини саҥа чыпчаалларга көҕүлээтиннэр!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ

А.И. Еремеев

Комментарии

    К публикации не допускаются комментарии, содержащие мат, оскорбления, ссылки на другие ресурсы, а также имеющие признаки нарушения законодательства РФ.

    Новости партнеров