Политика 15:31 / 12.6.2020 2673

Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Днём России

Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Днём России
Текст: Yakutia.Info

YAKUTIA.INFO. От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю с Днём России!

Этот государственный праздник символизирует единую историю, олицетворяет возрождение обновлённой страны, укрепление российской государственности.

Ровно 30 лет назад, 12 июня 1990 года, была принята Декларация о государственном суверенитете РСФСР, начавшая отсчёт новейшей истории России. За эти годы наша страна динамично развивалась, опираясь на исторические традиции, сохраняя национальное многообразие и единство.

В этом году страна отметила 75-летие Великой Победы. Мы ещё с большей силой показали высокую ответственность за судьбу нашей Родины, неразрывную связь поколений и традиций патриотизма.

Через несколько дней состоится Общероссийское голосование по внесению изменений в Конституцию Российской Федерации. Президент России Владимир Путин предложил ключевые поправки в основной закон страны, в том числе о защите суверенитета и территориальной целостности РФ, исторической правды и культурной самобытности всех народов нашей страны, расширении социальных гарантий, поддержке детства. Уверен, что якутяне примут самое активное участие в Общероссийском голосовании, чтобы поддержать изменения в основной закон, которыми мы будем руководствоваться в жизни.

Сегодня Якутия, являясь самым большим регионом Российской Федерации, участвует в реализации дальневосточной экономической политики государства и общенациональных целей в социальной сфере. Нас всех объединяет любовь к своей Отчизне, созидательный труд во благо страны, забота о подрастающем поколении.

Желаю мира, благополучия, достижений, плодотворной деятельности и успехов во всех начинаниях во благо Великой России!

Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Россия күнүнэн эҕэрдэлиир

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан Россия күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Бу судаарыстыбаннай бырааһынньык биир кэлим историябытын, саҥа суолу талбыт дойду күүһүн чөлүгэр түһэриини, Россия судаарыстыбаннаһын бөҕөргөтүүнү кэрэһилиир

30 сыллааҕыта, 1990 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр, Россия саҥа историята саҕаламмыта – бу күн РСФСР судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыллыбыта. Ааспыт сыллар усталарыгар история үгэстэригэр, элбэх омук иллээх олоҕор уонна сомоҕолоһор күүһүгэр тирэҕирэн дойдубут тэтимнээхтик сайынна.

Быйыл биһиги дойдубут Улуу Кыайыы 75 сылын бэлиэтээтэ. Ийэ дойдубут дьылҕатын туһугар үрдүк эппиэтинэспитин, олорон ааспыт көлүөнэлэри кытта быстыбат ситиммитин, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу утумун модун күүһүн көрдөрдүбүт.

Аҕыйах хонугунан Россия Федерациятын Конституциятыгар уларытыылары киллэриигэ Бүтүн Россиятааҕы куоластааһын ыытыллыаҕа. Россия Президенэ Владимир Путин сүрүн сокуоҥҥа Россия Федерациятын суверенитетын уонна сирин-уотун биир кэлимин, история кырдьыгын уонна дойду бары норуоттарын ураты култуураларын көмүскээһин, социальнай мэктиэлэри кэҥэтии, оҕо сааһы өйөөһүн курдук тутаах уларытыылары киллэриини көҕүлээбитэ. Олохпутугар салайтарар сүрүн сокуоммутугар уларытыылары өйүүр инниттэн Саха сирин олохтоохторо Бүтүн Россиятааҕы куоластааһыҥҥа көхтөөхтүк кыттыахтара диэн бигэтик эрэнэбин.

Саха сирэ Россия Федерациятын саамай бөдөҥ регионун быһыытынан судаарыстыба Уһук Илиҥҥэ ыытар экономическай бэлиитикэтин уонна социальнай эйгэҕэ национальнай соруктары олоххо киллэриигэ быһаччы кыттар. Биһигини барыбытын Аҕа дойдуга таптал, дойдубут сайдарын туһугар айымньылаах үлэ, үүнэр көлүөнэҕэ истиҥ сыһыан сомоҕолуур.

Эһиэхэ эйэлээх олоҕу, этэҥҥэ буолууну, Улуу Россия чэчирии сайдарын туһугар таһаарыылаах үлэни-хамнаһы, бары саҕалааһыннаргытыгар ситиһиини баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев

Комментарии

    К публикации не допускаются комментарии, содержащие мат, оскорбления, ссылки на другие ресурсы, а также имеющие признаки нарушения законодательства РФ.

    Новости партнеров