Республика 10:44 / 27.9.2021 3794

Ил Дархан Айсен Николаев поздравляет с Днём государственности Республики Саха (Якутия)

Ил Дархан Айсен Николаев поздравляет с Днём государственности Республики Саха (Якутия)
Текст: Yakutia.Info

YAKUTIA.INFO. От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично горячо поздравляю вас с Днём государственности Республики Саха (Якутия)!

В этот знаменательный день в 1990 году Верховным Советом Якутской АССР была принята Декларация о государственном суверенитете. Этот документ отвечал требованиям того времени, когда в нашей стране происходили колоссальные изменения политического и экономического устройства, и стал поистине судьбоносным для каждого якутянина.

В новых реалиях Республика Саха (Якутия) определила свой правовой статус и дальнейшие пути развития в незыблемом историческом единстве с Российской Федерацией.

Мы отдаём дань уважения лидерам республики и общественности Якутии, которые в сложнейшей политической обстановке сумели принять единственно верное решение, которое определило наше будущее на годы вперёд.

Якутяне традиционно ответственны в проявлении своей гражданской позиции. На днях мы приняли активное участие в выборах Государственной Думы Федерального Собрания, осознавая высокую значимость этого политического события для будущего нашей Родины.

Сегодня наша родная Якутия в сплочении многонационального народа уверенно идёт по пути реализации крупнейших проектов практически во всех сферах жизни. Мы сохраняем лидирующие темпы экономического и социального развития на Дальнем Востоке.

Особое внимание уделяем росту благосостояния и качества жизни каждого жителя республики. Вместе со всей страной у нас стартует масштабная программа социальной догазификации населённых пунктов, успешно реализуются национальные и региональные проекты, строятся дороги, вводятся промышленные и социальные объекты.

Нашим неизменным приоритетом является создание комфортного и развивающего пространства детства. Мы продолжаем строить новые школы и детские сады по всей республике. За последние три года построено 26 школ и 55 детских садов. Только в этом году мы вводим 14 школ и 14 детских садов.

Впереди у нас ещё более грандиозные планы, чтобы обеспечить детям высокое качество образования и возможность учиться в одну смену.

Масштабное строительство идёт в сфере здравоохранения. При поддержке федерального правительства в столице республики в ближайшие годы будут введены два крупных объекта – кардиологический и онкологический диспансеры.

В четырёх районах Якутии по программе модернизации первичного звена здравоохранения началось проектирование и строительство больничных комплексов и поликлиник.

Наряду с радостными событиями и динамичными процессами нам приходится преодолевать самые серьёзные вызовы. В этом году мы столкнулись с небывалой угрозой лесных пожаров. В борьбе с огненной стихией сплотилась вся многонациональная Якутия – и стар, и млад. Благодаря массовому подъёму якутян и беспрецедентной помощи федерального центра мы выстояли в этой сложнейшей и опасной битве.

Мы идём только вперёд! Работаем в полную силу, у нас много планов. Наши победы вдохновляют на новые цели и горизонты. В 2022 году мы будем отмечать 100-летие Якутской АССР. Наступает новая веха в развитии республики, в которую мы вступим вместе – с гордостью за нашу родную землю. Мы готовы совершать новые трудовые подвиги во имя её процветания, будем и дальше созидать мирную и счастливую жизнь!

Дорогие якутяне! Ещё раз поздравляю всех вас с праздником – с Днём государственности Республики Саха (Якутия)! Желаю каждому из вас крепкого здоровья, благополучия и счастья! Пусть возможности, которые вам дарит каждый новый день, становятся вашими достижениями!

Вперёд, Якутия!

Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын эҕэрдэтэ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Биир дойдулаахтарым!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Бу бэлиэ күн 1990 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтэ Судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларацияны ылыммыта. Биһиги дойдубут политическай уонна экономическай тутула уларыйар сүҥкэн суолталаах сылларыгар бу докумуон оччотооҕу тирээн турар кэм ирдэбилэ этэ, Саха сирин хас биирдии олохтооҕун дьылҕатын быһаарар суолталаммыта.

Саҥа уларыйыылар кэмнэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ быраап өттүнэн анал туругун чопчулаабыта уонна Россия Федерациятын кытта быстыспат ситимин бигэргэппитэ.

Өрөспүүбүлүкэ оччотооҕу салалтата уонна уопсастыбаннаһа тыҥааһыннаах политическай быһыыга-майгыга биһиги кэскилбитин быһаарбыт соҕотох сөптөөх суолу талбыттарын бэлиэтээн туран кинилэргэ дириҥ ытыктабылбытын биллэрэбит.

Саха сирин олохтоохторо гражданскай иэстэрин толорууга үгэс курдук улахан эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллар. Аҕыйах хонуктааҕыта Ийэ дойдубут кэлэр кэскилин түстүүр дириҥ политическай суолтатын өйдөөн туран, Федеральнай Мунньах Судаарыстыбаннай Дууматын быыбарыгар биһиги бары көхтөөхтүк кытынныбыт.

Элбэх омук сомоҕолоспут Саха сирин норуота олох бары эйгэтигэр бөдөҥ бырайыактары олоххо киллэриигэ сыралаахтык үлэлиир. Уһук Илиҥҥэ экономическай уонна социальнай сайдыы тэтиминэн өрөспүүбүлүкэ инники кэккэҕэ сылдьар.

Саха сирин хас биирдии олохтооҕун уйгута уонна олоҕун хаачыстыбата үрдүүрүгэр ураты болҕомтону уурабыт. Дойдуга барытыгар курдук нэһилиэнньэлээх пууннарга гааһы киллэриигэ үлэни-хамнаһы тиһэҕэр тиэрдиигэ туһаайыллыбыт далааһыннаах программа саҕаланна, национальнай уонна регионнааҕы программалар ситиһиилээхтик олоххо киирэллэр, суол-иис тутуллар, промышленнай уонна социальнай объектар тутуллан үлэҕэ киирэллэр.

Оҕо саас табыгастаах уонна сайыннарыыны түстүүр эйгэтин тэрийии биһиги ыытар үлэбит тумус суолталаах хайысхатынан буолар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саҥа оскуолалары уонна оҕо уһуйааннарын тутар үлэ салҕанар. Кэнники үс сыл 26 оскуола уонна 55 оҕо уһуйаана тутуллан үлэҕэ киирдэ. Аҥардас быйыл 14 оскуоланы уонна 14 оҕо уһуйаанын үлэҕэ киллэриэхпит.

Инникитин оҕолорго өссө үрдүк хаачыстыбалаах үөрэҕи уонна биир сменанан үөрэниини хааччыйарга туһуламмыт киэҥ далааһыннаах үлэ күүтэр.

Доруобуйа харыстабылыгар дьоһун суолталаах тутуу үлэтэ ыытыллар. Федеральнай Бырабыыталыстыба өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэ киинигэр чугастааҕы сылларга кардиологическай уонна онкологическай диспансердар – икки бөдөҥ бырайыак үлэҕэ киириэҕэ.

Саха сирин түөрт оройуонугар доруобуйа харыстабылын алын сүһүөҕүн саҥардан биэрии программатынан балыыһа комплекстарын уонна поликлиникалары бырайыактыыр уонна тутар үлэ саҕаланна.

Үөрүүлээх түбэлтэлэри, тэтимнээх үлэни-хамнаһы сэргэ улахан тургутуулары туоруурга күһэллэбит. Быйыл хаһан да буолбатах баһаардары көрүстүбүт. Уоту утары сааһыттан, омугуттан тутулуга суох норуот бүттүүнэ туруммута. Саха сирин олохтоохторо биир киһи курдук сомоҕолоһууларын уонна федеральнай киин сүҥкэн көмөтүн түмүгэр бу уустук быһыыттан-майгыттан кыайыылаах тахсыбыппыт.

Биһиги иннибит эрэ диэки дьулуһабыт! Хоннохтоохтук үлэлиибит, былааммыт үгүс! Биһиги кыайыыларбыт саҥа сыалларга, саҥа саҕахтарга кынаттыыллар. 2022 сылга Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтиэхпит. Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар саҕаланыахтаах саҥа түһүмэх кэмҥэ төрөөбүт дойдубутунан киэн тутта үктэниэхпит. Дойдубут чэлгийэ сайдарын туһугар саҥа кыайыыларга бэлэммит, эйэлээх, дьоллоох олоҕу салгыы айымньылаахтык тутуохпут!

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Өссө төгүл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлиибин! Хас биирдиигитигэр чэгиэн туругу, этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну баҕарабын! Хас биирдии күн эһиэхэ түстүүр кыахтара ситиһиилэринэн эргийиэхтиннэр!

Иннибит диэки, Саха сирэ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев

Комментарии

    К публикации не допускаются комментарии, содержащие мат, оскорбления, ссылки на другие ресурсы, а также имеющие признаки нарушения законодательства РФ.

    Новости партнеров