Айсен Николаев поздравляет с Днем Матери
YAKUTIA.INFO. От имени руководства республики и от себя лично сердечно поздравляю вас с замечательным праздником – с Днем Матери в Республике Саха (Якутия)!
Примечательно, что год 100-летия нашей многонациональной республики – 2022 – мы объявили Годом матери. Ведь вся история народа, история каждого из нас берет свое начало от самого родного человека – мамы. Именно они вкладывают в нас все самое хорошее – доброту, справедливость, любовь и уважение к Родине, людям, своей земле. Мать делится с нами созидательной энергией, даёт первые жизненные ориентиры. Мы благодарны нашим дорогим матерям за душевную теплоту и неустанную заботу.
У нас в республике много делается для защиты семьи, материнства и детства. Каждый ребёнок, рождённый в юбилейном году, получает целевой капитал «Дети столетия» в 100 тысяч рублей. На сегодня более 6,8 тыс. семьям назначен целевой капитал. Уже 1466 семей распорядились этими средствами.
Еще одна важная задача, которая реализовывалась в этом году с особым вниманием – забота о здоровье наших женщин. Профилактические осмотры, снижение заболеваний женской репродуктивной системы, повышение качества диспансеризации беременных женщин, профилактика онкологических заболеваний. Организованы школы питания для беременных, кормящих матерей, детей до года, молодой матери в женских консультациях и перинатальных центрах. Проводятся Дни открытых дверей в медицинских организациях, акции, посвященные женскому здоровью и красоте.
Мы поддерживаем многодетные и приемные семьи. 14 июня 2022 года принят Закон Республики Саха (Якутия), предусматривающий увеличение базового размера средств для расчета ежемесячного денежного вознаграждения приемного родителя в два раза. В Год Матери мной принято решение о предоставлении льготы в размере 50 процентов для многодетных семей с 3 и 4 детьми и бесплатное посещение для семей с 5 и более детьми учреждений культуры и спорта.
Жители сел и городов активно участвуют в волонтерском движении «Поможем маме», оказывают адресную помощь многодетным и одиноким матерям. В течение трех лет в Якутске будет построен Центр социальной помощи семье и детям. И улусы республики принимают дополнительные меры поддержки материнства.
При помощи служб занятости женщины могут получить новые компетенции, профессиональное или дополнительное профессиональное образование. Каждая женщина должна иметь возможность реализовать себя не только как мать, но и как профессионала в том, что ей близко и интересно. Именно так она сможет передать своим детям интерес к профессии, созиданию.
Наши матери всегда вдохновляли и поддерживали нас в трудные для страны времена. В это непростое время наш общий долг – помогать семьям земляков, выполняющих свой долг по защите мирного будущего нашей страны. Республика поддерживает семьи защитников Отечества! Наши женщины от всего сердца помогают ребятам, поддерживают их боевой дух. Мудрость, любовь и вера матерей придает ребятам силу и уверенность. Уверен, мы вместе преодолеем все трудности и победим!
Дорогие мамы! Примите искренние пожелания крепкого здоровья, счастья и благополучия. Пусть ваши дети согревают вас своим чутким вниманием, радуют своими успехами.
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев
Ытыктабыллаах Саха сирин дьахталлара, күндү ийэлэр! Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ийэлэрин күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Биһиги элбэх омуктаах өрөспүүбүлүкэбит 100 сылынан – 2022 сылы Ийэ сылынан биллэрбиппит түбэспиччэ буолбатах. Биһиги норуоппут историята, хас биирдиибит историята саамай чугас киһибититтэн – ийэбититтэн саҕаланар. Ийэ оҕотугар үтүө санааны, сиэрдээх буолууну, Ийэ дойдуга, төрөөбүт алааска тапталы, дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктабыллаах сыһыаны иҥэрэр. Ийэ биһигини айарга-тутарга үөрэтэр-такайар, олоххо бастакы хардыыбытын ыйан-кэрдэн биэрэр. Биһиэхэ сылаас-сымнаҕас сыһыанын, уҕараабат кыһамньытын иһин киниэхэ муҥура суох махтанабыт.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр дьиэ кэргэн, ийэ буолуу уонна оҕо саас көмүскэлигэр үгүс үлэ ыытыллар. Үбүлүөйдээх сылга төрөөбүт хас биирдии оҕо “Сүүс сыл оҕото” тус сыаллаах 100 тыһыынча солкуобайдаах хапытаалы ылар. Бүгүн итинник тус сыаллаах хапытаал 6,8 тыһыынчаттан тахса ыалга туттарылынна. 1446 ыал ити үбү тутунна.
Быйыл болҕомтобутун өссө биир дьоһун сорукка – биһиги дьахталларбыт доруобуйаларыгар кыһамньыга уурдубут. Доруобуйаны эрдэттэн көрдөрүү, дьахтар оҕолонор уорганын ыарыытын кыччатыы, оҕолоноору сылдьар дьахталлар диспансеризацияларын хаачыстыбатын күүһүрдүү, искэн ыарыытын сэрэтии. Дьахтар консультациятыгар уонна перинатальнай кииннэргэ оҕолоноору сылдьар дьахталлар, оҕолорун эмтэрэр ийэлэр, биирдэрин туола илик оҕолор, эдэр ийэлэр аһылыктарын оскуолалара тэрилиннэ. Медицинскэй тэрилтэлэргэ дьахтар доруобуйатыгар уонна кэрэ сэбэрэтигэр аналлаах Аһаҕас аан күннэрэ, акциялар ыытыллаллар.
Биһиги элбэх оҕолоох уонна оҕолору иитэ ылар ыаллары өйүүбүт. Оҕону иитэ ылбыт төрөппүккэ оҥоһуллар төлөбүр базовай кээмэйин икки төгүл улаатыннарары көрөр Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуона 2022 сыл бэс ыйын 14 күнүгэр ылыллыбыта. Ийэ сылыгар култуура уонна успуорт тэрилтэлэригэр 3 уонна 4 оҕолоох элбэх оҕолоох ыалларга 50 бырыһыан кээмэйдээх чэпчэтиилэри оҥорор, оттон 5 уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллары босхо сырытыннарар туһунан дьаһалы ылыммытым.
Волонтердар “Ийэҕэ көмөлөһүөххэ” хамсааһыннарыгар куораттар уонна сэлиэнньэлэр олохтоохторо көхтөөхтүк кытталлар, элбэх оҕолоох уонна аҥаардас ийэлэргэ аадырыстаах көмөнү оҥороллор. Дьокуускайга Дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕоҕо социальнай көмөнү оҥоруу киинэ үс сыл устатыгар тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Маны тэҥэ, улуустар ийэ буолууну өйүүр эбии дьаһаллары ылыналлар.
Дьарыктаах буолуу сулууспаларын көмөлөрүнэн дьахталлар саҥа идэни баһылыыллар, эбии идэни ылаллар. Хас биирдии дьахтар ийэ эрэ быһыытынан буолбакка, талбыт эйгэтигэр идэлээх үлэһит быһыытынан ис кыаҕын арыйарыгар усулуобуйа баар буолуохтаах. Оччоҕуна эрэ кини оҕолорун тустаах идэни баһылыырга, айарга-тутарга уһуйуоҕа.
Дойдуга ыар кэм тирээн кэллэҕинэ, ийэлэрбит биһиги санаабытын көтөҕөллөр, күүспүтүгэр күүс угаллар. Дойдубут эйэлээх кэскилин көмүскүү барбыт биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэннэригэр көмөлөһөр – билиҥҥи уустук кэмҥэ биһиги уопсай ытык иэспит. Аҕа дойдуну көмүскээччилэр дьиэ кэргэннэрин өрөспүүбүлүкэ өйүүр! Биһиги дьахталларбыт ис сүрэхтэриттэн уолаттарга көмөлөһөллөр, самныбат санааны кынаттыыллар. Ийэлэрин тапталлара, эрэллэрэ уолаттарбытыгар күүһү угар, эрчими эбэр. Биһиги бары моһоллору туоруохпут уонна кыайыахпыт диэн бигэ эрэллээхпин!
Күндү ийэлэр! Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Оҕолоргут сылаас сыһыаннарынан, ситиһиилэринэн эһигини мэлдьи үөрдэ сырыттыннар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев
Комментарии
К публикации не допускаются комментарии, содержащие мат, оскорбления, ссылки на другие ресурсы, а также имеющие признаки нарушения законодательства РФ.