Политика 13:05 / 28.8.2013 4440

Саха сирин быыбардааччылара!

Саха сирин быыбардааччылара!
Текст: ЯкутияИнфо
Биһиги Сахабыт сиригэр быыбар иннинээҕи былдьаһыктаах үлэ-хамнас күнтэн күн күүһүрэр. Хас биирдии политическай баартыйа бэйэтин дьокутаатка хандьытааттарын иһин кыһаллан туран үлэлиир. Маннык буолуохтаах. Үгүстэр өйдүүргүт буолуо, “Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа хайдах курдук албаһыран, тыа олохтоохторун итэҕэллэрин туһаммытын. Оччолорго судургу майгылаах тыа дьоно Сөдүөт Тумууһап алы тылын итэҕэйбиттэрэ. Сөдүөт Сэмэнэбис нэһилиэктэри кичэйэн кэрийбитэ, үлэлии олорор былааһы оҥостон үөхпүтэ, холуннарбыта, тыа сиригэр ырай олоҕун ”сахпыта”. Дьон итэҕэлин мүччү туттаран, баартыйата Арассыыйа да үрдүнэн баһыйар түмүктэри ситиспитэ. Эбиитин, Тумууһап баартыйа баһылыга Миронов ылгын киһитэ буолан сураҕырбыта. Кэм ааста, онтон күттүөннээх үлэ ыытыллыбата. Дьоммут-сэргэбит “сиэрдээхтэр» тыллара албынын – көлдьүнүн өйдөөтө. Тумууһап тус бэйэтэ ыраах Москва куоракка олорор, онтон дойдун тыатын сирин өрө тардар аналлаах федеральнай сокуоннар Саха сирин ураты усулуобуйатын учуоттууллара дьиҥ дьыалаҕа көстүбэтэ. Республика норуодунай дьокутааттарын бэһис болдьоххо быыбарыгар тыа олохтоохторо бэйэлэрэ туспа санаалаах сыаллаах-соруктаах Аграрнай баартыйа тэринэн кыттарга быһаарынныллар. Биһиги баартыйабыт кимҥэ да утары сыалы туруоруммата5а, биһиги өрөспүүбүлүкэбит сиригэр-уотугар салаа интэриэһи (тыа сирин) ойуччу бастатан тутар, төрүт омук мындыр санаатын, олоххо тардыһар күүһүн иҥэриммит тыа сирин бэрэстэбиитэллэрэ буолабыт. Бары өттүнэн учуоттаммыт дьайымтыалаах бырагыраамалаах, биһиги баартыйабыт тыа сирин сайыннарыыга туруорсуутун дьон-сэргэ ылынарын, биһириирин ситиһэн, баһыйар куолаһы ылар соругу туруорунабыт! Быыбар агитациятын күрэстэһиитигэр үгүс баартыйалар алҕастары таһаараллар эрээри, биһиги суукка-сокуоҥҥа сигэммэккэ, быыбардааччыларбыт ис санааларынан салайтардыннар диэн, чиэһинэй суолу тутуһан үлэлиибит. Ону баара, сиэрдээхтэр баартыйалара биһигини утары “юристар сэриилэрин” биллэрдилэр, “кирдээх” технологиялары тутталлар. Кыахтаах политическай баартыйалары ситэн бопсубакка, Тумууһап сэнээбит санаатыгар, “күрүөнү намыһахтыы”, тыа сирин баартыйатыгар саба түстэ. “Сиэрдээхтэр”: “Хаарыан куоласпытын былдьаһаҕыт”, - диэн толоостук баайыстылар, сиэрдэрин-суобастарын саһыаран Сахабыт тыа сирин олохтоохторугар сэнэбиллээхтик сыһыаннастылар. Биһиги үөскээбит балаһыанньаҕа бэриммэппит, ылыммыт соруктарбытын ситиһэргэ дьулуһабыт. Биһиэхэ эрэнэр быыбардааччыларбытын түһэн биэрбэппит, үлэлиир санаабыт булгуруйбат. «Сиэрдээхтэр” дойду Үрдүкү суутугар ньо5ой - балай үҥсүүлэригэр хардаран ааһынар суругу ыыттыбыт. Сахабыт сирин быыбардааччылара! Өбүгэбит өһун хоһооно этэр «...үктээтэххэ, онноо5ор кутуйах "чыып"- диир». Хайа тухары сиэрэ – суобаһа суох дьон – “сиэрдээхтэр” республикабыт Үрдүкү парламеныгар талыллыахтаахтарый? Маны тохтотуохха! Арассыыйа Аграрнай баартыйатын Саха сиринээҕи салаата.

Комментарии

    К публикации не допускаются комментарии, содержащие мат, оскорбления, ссылки на другие ресурсы, а также имеющие признаки нарушения законодательства РФ.

    Новости партнеров