Скандал с докладом омбудсмена по делам малочисленных народов севера
YAKUTIA.INFO. Точку в обсуждении первого доклада о деятельности Уполномоченного по правам коренных малочисленных народов Севера в Республике Саха (Якутия) в 2014 году на расширенном заседании Совета Государственного Собрания (Ил Тумэн) поставил председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) Александр Жирков.
«Считаю, что название Доклада не соответствует его структуре. По требованию Закона Республики Саха (Якутия) «Об Уполномоченном по правам коренных малочисленных народов Севера в Республике Саха (Якутия)», принятого парламентом Якутии в июне 2013 года, в докладе должны содержаться анализ наиболее актуальных проблем соблюдения прав коренных малочисленных народов Севера Якутии и информация о деятельности данного Уполномоченного. Сегодня народные депутаты республики заслушали Доклад только о деятельности, вопрос о соблюдении прав и законных интересов коренных малочисленных народов Севера Якутии в представленном докладе не рассмотрен», - сказал спикер Ил Тумэна.
Между тем, согласно названному выше закону, должность Уполномоченного по правам коренных малочисленных народов Севера в республике учреждается в целях обеспечения гарантий государственной защиты прав коренных малочисленных народов Севера, признания и соблюдения этих прав органами государственной власти Республики Саха (Якутия), органами местного самоуправления, организациями и предприятиями, их должностными лицами, и именно он должен способствовать восстановлению нарушенных прав этих народов. Основными задачами омбудсмена в законе названы обеспечение гарантий государственной защиты прав коренных малочисленных народов и содействие беспрепятственной реализации и восстановлению их нарушенных прав. Основным полномочием Уполномоченного является рассмотрение индивидуальных или коллективных жалоб граждан из числа малочисленных народов.
По мнению спикера Госсобрания (Ил Тумэн), именно отсутствие в Докладе проблематики нарушения законных интересов коренных малочисленных народов Севера стало причиной бурных обсуждений народными депутатами республики. «Это серьёзное замечание», - подчеркнул Александр Жирков.
Председатель якутского парламента Якутии дал поручение разработать решение заседания Совета Государственного Собрания (Ил Тумэн) не с общими, а конкретными пунктами. «В подготовленном проекте решения конкретным является только пункт о создании Фонда защиты и развития коренных малочисленных народов Севера Якутии. В вопросе возрождения и сохранения родных языков Якутия считается пилотной республикой, во всех международных форумах наша республика всегда занимает лидирующие позиции своими проектами и нововведениями. Однако численность представителей коренных малочисленных народов, знающих свой родной язык, неуклонно сокращается», - заметил спикер. Также он напомнил, что Якутия выступила с инициативой по созданию кочевых школ, которые «сейчас спокойно закрываем».
Александр Жирков привёл «чисто житейский» пример: «В селе Сасыр Момского улуса есть два детских сада: один из них русско-якутский, второй – эвенский сад. Немногие работники эвенского детского сада знают свой родной язык, поэтому воспитание идёт на смешанном якутском и русском языках. Там не прививают детям знание родного языка». Он отметил, что в докладе нужно было рассматривать подобные конкретные примеры.
«Константин Роббек – деятельный человек, взялся за дело с большим энтузиазмом и желанием, но деятельностью одного Уполномоченного сложившиеся реалии не поправим. Необходимо брать конкретные проблемы и решать на уровне парламента и Правительства республики, ставить их на федеральном уровне», - сказал Александр Жирков.
Как сообщает пресс служба Ил Тумэн, после обсуждения доклада Уполномоченного по правам коренных малочисленных народов Севера в Республике Саха (Якутия) в 2014 году принято решение принять доклад к сведению, поручить профильному комитету Ил Тумэна по вопросам коренных малочисленных народов Севера и делам Арктики подготовить проект постановления Государственного Собрания (Ил Тумэн) с конкретными предложениями, который будет утверждён на пленарном заседании якутского парламента. Кроме того, профильному Комитету поручено провести совместные заседания с другими постоянными комитетами Госсобрания (Ил Тумэн) для подготовки вопроса к рассмотрению парламентом республики.
Хотугу норуоттар: быраабы туруулаһыы ситэтэ суох
Кулун тутар 13 күнүгэр парламент спикерэ Александр Жирков Ил Түмэн Сэбиэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕын ыытта. Мунньахха көрүллүбүт боппуруостартан ордук Саха Республикатыгар аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар бырааптарыгар Боломуочунай 2014 сыллааҕы үлэтин отчуота норуот депутаттарын улахан болҕомтотун тардан, аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар бырааптарын көмүскээһин туругун тула сытыы ырытыһыылаах дьүүллэһиилэри таһаарда.
Саха Республикатыгар аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар бырааптарыгар Боломуочунай Константин Роббек норуот депутаттарыгар 2014 сыллааҕы үлэтин отчуотун иһитиннэрдэ. Константин Роббек отчуотугар аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар бэрэстэбиитэллэриттэн биирдиилээн эбэтэр кэлэктиибинэн киллэрбит үҥсүүлэринэн, хотугу норуоттар бырааптарын кэһии түгэннэригэр итиэннэ ити боппуруостарга республика государственнай былааһын итиэннэ олохтоох салайыныытын уорганнарын кытта Боломуочунай туох үлэни ыыппытын, хотугу норуоттар бэрэстэбиитэллэриттэн төһө үҥсүү, туруорсуу киирбитин туһунан статистика көрдөрүүлэрин кэпсээтэ.
Боломуочунай 2014 сылга ыыппыт үлэтин дакылаатын ис хоһооно норуот депутаттарын астыннарбата. Онон ыйытыы да, дьүүллэһии да элбэх буолла. Норуот депутаттара Иван Андреев,Анатолий Добрянцев, Егор Жирков, Владимир Членов, Василий Власов, Виктор Губарев, Антонина Григорьева, Евгения Михайлова, Алёна Атласова, Иннокентий Григорьев, Иван Шамаев, Владимир Фёдоров уонна да атыттар хоту сиргэ олохтоох норуоттар интэриэстэрин туруулаһыы, тутуһуу боппуруостарыгар итийэн-кутуйан туран кэпсэтиилэрэ республика парламена боппуруоһу болҕомто киинигэр тута сылдьарын ырылхайдык көрдөрдө.
Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков, бастатан туран, бүгүҥҥү дакылаат ис хоһооно Боломуочунай үлэтин туһунан буолбакка, республикаҕа хотугу норуоттар бырааптарын тутуһууга уонна сокуоннай интэриэстэрин көмүскээһиҥҥэ баар проблемалары ырытыы уонна бу хайысхаҕа Боломуочунай хайдах үлэлэһэрин туһунан буолуохтааҕын бэлиэтээтэ. Ил Түмэн 2013 сыллаахха бэс ыйыгар ылыммыт «Саха Республикатыгар аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар бырааптарыгар Боломуочунай туһунан» республика сокуонугар этиллэринэн, дакылаакка, бастатан туран, аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар бырааптарын тутуһууга ханнык проблемалар баалларын ыйан, ырытыы оҥоһуллуохтааҕар уонна Боломуочунай үлэтин туһунан иһитиннэриллиэхтээҕэр тохтоото. “Бүгүн норуот депутаттара туох үлэ ыытыллыбытын эрэ туһунан дакылааты эрэ иһиттилэр, Саха сирин аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттарын бырааптарын тутуһуу уонна сокуоннай интэриэстэрин көрүү туһунан боппуруос дакылаакка таарыллыбата», -- диэн эттэ Ил Түмэн спикерэ. Ол курдук спикер дакылаакка аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар сокуоннай бырааптарын кэһии түгэннэрин ырытыы оҥоһуллубатаҕын бэлиэтээтэ.
Александр Жирков үөһэ этиллибит сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, республика аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттарын бырааптарыгар Боломуочунай дуоһунаһа государство бу норуоттар бырааптарын көмүскүүр мэктиэлэрин хааччыйарын, республика государственнай былааһын итиэннэ олохтоох салайыныытын уорганнара, тэрилтэлэр уонна дуоһунастаах дьон ити бырааптары билинэллэрин уонна тутуһалларын, Боломуочунай хотугу норуоттар кэһиллибит бырааптарын чөлүгэр түһэриигэ көмөлөһөрүн туһугар олохтоммутун санатта.
Итинник бэлиэтээн туран, Ил Түмэн спикерэ салгыы маннык түгэннэри бэлиэтээтэ. Бастакытынан, дакылаакка хотугу улуустарга промышленность күүскэ киирэн эрэринэн, хотугу норуоттар өбүгэ саҕаттан олорор сирдэрин-уоттарын көҥүллүк туһанар, дьаһанар бырааптарыгар ханнык ыарахаттары көрсүөхтэрин сөбө ыйыллыбатах. Хоту сир дьонун сүрүн бырааба өбүгэ саҕаттан олорор сирдэрин-уоттарын ким да, туох да күөмчүлээһинэ суох туһаныыларын кытта ыкса сибээстээх. Иккиһинэн, Боломуочунай үлэтигэр ханнык боппуруостары республика таһымыгар, ханныктары федеральнай былаас таһымыгар туруорсары чопчу араартаан ыйбатах. Билиҥҥи туругунан аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар бырааптарын киэҥник туһаныыларыгар республика иһигэр быһаарыллыахтаах үгүс боппуруостар быһаарыллыбакка тураллар, федеральнай таһымҥа туруорсарга бэлэмнэниллиэхтээх боппуруостар бэлэмнэниллибэккэ сылдьаллар. Үсүһүнэн, хотугу оҕолору үөрэнэр учебниктарынан хааччыйыы кинилэр үөрэҕи ылар бырааптарын толорууга сыһыаннааҕын быһыытынан, спикер бу республика иһигэр быһаарыллар, хонтуруолланар кыахтаах боппуруос Боломуочунай 2014 сыллааҕы үлэтин дакылаатыгар киирбэтэҕин ыйда. Александр Жирков салгыы төрөөбүт тыл боппуруоһугар тохтоон, күннээҕи олоххо баар холобуру аҕалла: «Муома улууһугар Сааһыыр нэһилиэгэр икки оҕо саада баар: биирэ нууччалыы-сахалыы, иккиһэ -- эбээннии саадтар. Ол гынан баран эбээн оҕо саадын үлэһиттэрин үксэ төрөөбүт тылын билбэт, онон бу саадка иитии сахалыы уонна нууччалыы тылларынан барар. Онон оҕолорго төрөөбүт тылы билии иҥэриллибэт».
«Константин Роббек – үлэһит киһи, бу дьыалаҕа улахан хамсааһыны таһаарар баҕалаах ылсыбыта, ол эрээри биһиги биир Боломуочунай үлэтинэн бу эйгэҕэ баар быһыыны-майгыны көннөрө охсорбут кыаллыа суоҕа. Парламент уонна Правительство республика таһымыгар быһаарыллыан сөптөөх хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар көрсөр кыһалҕаларын миэстэтигэр быһаарыыга, онтон атынын федеральнай таһымҥа туруорууга үлэлэһиэхтээхтэр», - диэн эттэ Александр Жирков.
Республика парламенын Председателэ Ил Түмэн Сэбиэтин мунньаҕар Боломуочунай дакылаатын дьүүллэһии түмүгэр чопчу сорудахтары биэрэригэр: «Быһаарыы барылыгар Саха сирин аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттарын көмүскээһиҥҥэ уонна сайыннарыыга анал Фонданы тэрийии туһунан эрэ чопчу этии баар. Төрөөбүт тылы тилиннэрии уонна харыстааһын боппуруоһугар Саха сирэ бастыҥ уопуттаах, норуоттар икки ардыларынааҕы бары форумнарга биһиги республикабыт бэйэтин бырайыактарынан уонна саҥаны олоххо киллэриитинэн өрүү инники күөҥҥэ сылдьар. Ол эрээри аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттартан төрөөбүт тылын билэр дьон ахсаана тохтоло суох кыччыы турар», -- диэтэ.
Мунньах түмүгэрСаха Республикатыгар аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар бырааптарыгар Боломуочунай Константин Роббек бэлэмнээн киллэрбит уурааҕын барылын саҥаттан үчүгэйдик ырытан, дьүүллэһэн, хаттаан көрөргө этилиннэ. Александр Жирков Ил Түмэн аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар проблемаларыгар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэтэ бу боппуруоһу парламент көрүүтүгэр бэлэмнииригэр атын сис кэмитиэттэри кытта холбоһуктаах мунньахтары ыытарыгар, республика Правительствотын кытта бииргэ үлэлээн, ити кэҥэтиллибит чопчу боппуруостарга уураах барылын бэлэмнээн, буолаары турар Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕын дьүүлүгэр киллэрэригэр сорудахтары биэрдэ.
Комментарии
К публикации не допускаются комментарии, содержащие мат, оскорбления, ссылки на другие ресурсы, а также имеющие признаки нарушения законодательства РФ.